В парламенте
Поздравление Председателя Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС(Я) Алексея Еремеева с Днем Республики
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бар дьон дьүүллэһиитин кэнниттэн 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин уон биирис уочарата суох сессиятыгар саҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона ылыныллыбыта уонна 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуона күүһүгэр киириитин бэрээдэгин туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сокуонунан муус устар 27 күнэ Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ. Онон биһиги бүгүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн 33-с төгүлүн көрсөбүт.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ саха норуотун чулуу уолаттарын – Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову, Степан Васильевы уонна да атын үтүөкэннээх дьону махтана ахтабыт. Ытык дьоммут хорсун санаалара XX үйэ саҥатыгар Саха сирэ олох-дьаһах, экэниэмикэ, култуура өттүнэн дьоһун суолталаах улахан уларыйыыларыгар олук буолбуттара. Өрөспүүбүлүкэ элбэх омуктаах норуота бэйэтин ураты култууратын, төрүт үгэһин, сиэрин-туомун үгүс үйэлэри уҥуордаан чөл илдьэ кэлэри ситиспитэ.
Билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит федеральнай уонна региональнай бырайыактарга сөп түбэһэн бигэтик сайдар. Саха сиригэр көмүс, чох, гаас, урууда хостуур уонна маһы таҥастыыр бырамыысыланнас көрдөрүүлэрэ үрдүүр. Олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр тэтимнээхтик тутуллаллар, тырааныспар ис тутула тэриллэр уонна саҥалыы уларытан оҥоһуллар.
Өрөспүүбүлүкэ баайа, киэн туттуута урут даҕаны, билигин даҕаны кини дьонугар-сэргэтигэр, норуот талааныгар, айымньылаах үлэтигэр, айар-тутар күүһүгэр, кыаҕар. Инникитин да оннук буолуоҕар саарбахтаммат. Ол да иһин өрөспүүбүлүкэ салалтата үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, култуура уонна успуорт сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурар. Бары дьаһал олох хаачыстыбата үрдүүрүгэр, киһи ис кыаҕын арыйарыгар туһуланан ыытыллар.
Бүгүн, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр гражданскай көхтөөх буолуугут иһин уонна дойдубут туһугар бэриниилээх, кыһамньылаах үлэҕит иһин махтанабын.
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, дьоһун бэлиэ күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Бука барыгытыгар ил-эйэ эҥэрдээх, бигэ туруктаах олоҕу, дьолу, инникигэ эрэли, бары үтүөнү-кэрэни баҕарабын.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 2025-04-27 05:50:34 Всего просмотров: 274 Поделиться:
Ссылки по ключевым словам:
2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ 2026-11-04 04:23:46 - Поздравление Алексея Еремеева с Днём народного единства 2026-11-03 04:33:54 - Алексей Колодезников рассказал об основных направлениях федерального и регионального бюджетов 2026-10-27 09:26:40 - В Якутии пройдет IV Республиканский антифашистский форум «Народ и армия едины» 2026-10-23 11:45:56 - Алексей Еремеев: бюджетный процесс продолжится до принятия закона во втором чтении 2026-10-23 05:39:41 - Правительственный час: Минфин доложил депутатам Ил Тумэн об исполнении бюджета Якутии за девять месяцев 2026-10-23 05:27:35 - Видеотрансляция второго дня XX пленарного заседания Госсобрания - 22.10.2026 2026-10-23 05:26:23 - Видеотрансляция первого дня XX пленарного заседания Госсобрания - 21.10.2026 2026-10-22 07:55:10 - ЧАСТЬ-6 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 22.10.2026 - c 14.00 (материал обновляется) 2026-10-22 03:03:40 - ЧАСТЬ-5 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 22.10.2026 - c 09.00 (материал обновляется) |