![]() |
| |
| Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru | ||
|
Главная В парламенте ЖКХ, энергетика Здравоохранение Транспорт Экономика В столице ЖКХ, энергетика Образование, наука Транспорт В России Здравоохранение Политика Образование, наука Сельское хозяйство и АПК Образование, наука Транспорт АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]Промышленность Транспорт В парламенте В столице В парламенте Транспорт В республике В столице Транспорт В парламенте ЖКХ, энергетика В парламенте Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В парламенте Законодательство Учителям предлагают гарантировать оплату санаторно-курортного лечения Образование, наука В республике Здравоохранение Транспорт Культура |
Сахалыы сыhыарыы КЫРДЬЫК ҮРДҮГЭР СЫМЫЙА ЫТТЫБАТ СР ИДьМ пресс-сулууспата Биһиги бэйэбит биир бастың үлэһиппит үтүө аатын көмүскээн уонна кинини ырааһырдар сыал-сорук оңостон тураммыт бу матырыйаалы таһаарабыт. Бу сурукка ахтыллар Үөһээ Бүлүү улууһун ГАИ-тын начальнига, милииссийэ подполковнига Евсей Николаевич СОФРОНОВЫ СР ИДьМ салалтата биир бастың үлэлээх салайааччы быһыытынан сыаналыыр. Кини СР ИДьМ Бочуотун дуоскатыгар тахсыбыта уонна улуус Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ бэрт элбэ5и этэр дии саныыбыт. Кылгастык билиһиннэрдэххэ, 2003 сыл алтынньы 31 күнүгэр «Туймаада саңата» хаһыат биһиги сотрудникпыт, Үөһээ Бүлүү улууһунаа5ы ГАИ начальнига, милииссийэ подполковнига Софронов Евсей Николаевиһы холуннарар ис хоһоонноох «Анархия ааңнаан эрэр» диэн төбөлөөх Сайылык Сандаара Куота уонна Самсон Сүөдэрэп кыттыгас автордардаах ыстатыйаны бэчээттиир. Онно анонимщик: «Муңура булуллубат муңур ыраахтаа5ы», «Киминэн да утары көрүллүбэт тойон», «Бырабааларын былдьаттара кэллэхтэринэ, чэ, уолаттар көстө-биллэ сатаан сбербааңңа харчыны төдөөьөң. Кыра харчылаах буоллаххытына миэхэ хаалларың. Суох буолла5ына миэхэ бэйэбэр көстүбэтинэн-биллибэтинэн кыһын эттэ, арыыта, собото, сүөгэйдэ, кыыһым дьиэтигэр маста-мууста киллэриң диэн баран бырабааларын төттөрү биэрэр үгэстээх», «Начальник дурдалаах суоппардар өрүү холуочук, бытыылка аргыстаах сылдьаллар. Ол сылдьан араас авариялары таһаараллара улам үксээн иһэр», - диэн уонна о.д.а. баһаа5ырдар этиилэри хойуутук туттан Е.Софроновы араастан холуннарбыт этэ. Онуоха эмсэ5элэнээччи, бастатан туран, 2003 сыл сэтинньи 27 күнүгэр Дьокуускай куорат суутугар: «...Бу ыстатыйаннан мин чиэспин уонна достоинствобын, деловой репутациябын киртиттилэр, үтүө ааппын алдьаттылар, холуннардылар уонна аһа5астык иһитиннэрии-биллэрии маассабай сириэстибэлэригэр таһааран өһүргэттилэр...» диэн матыыптаан «Туймаада саңата» хаһыат аатыгар Ирдэбил сурук түһэрэр. Ирдэбил сурукка оло5уран СР Дьокуускай куоратын суута бэрэссэдээтэллээччи судьуйа Оконешникова М.М., секретарь Протопопова Г.М. састааптаах аһа5ас мунньа5а дьыаланы 2004 сыл кулун тутар 4 күнүгэр көрөн баран, РФ ГПК 194-199 ыстатыйаларынан салайтаран суут ирдэһээччи туһатыгар бу курдук ис хоһоонноох Уураах таһаарар: «Софронов Евсей Николаевич ирдэбилин ылынарга: «Туймаада саңата» хаһыакка 2003 сыл алтынньы ый 31 күнүгэр бэчээттэммит «Анархия ааңнаан эрэр» ыстатыйаны ирдэһээччи чиэһин, аатын-суолун баһаа5ырдарынан уонна дьиңэ суо5унан билинэн туран хаһыат редакциятыгар суут уураа5а сокуоннай күүһүгэр киирбитин кэннэ бастакы таһаарыыта хардарыы суругу бэчээккэ таһаарарыгар эбээһинэстииргэ, ону таһынан Софронов Евсей Николаевич туһатыгар моральнай хоромньуну 5 000 солк. ирдииргэ». Ол гынан баран, Дьокуускай куорат суута ити суругу ыыппыт киһини уонна сурук ааптара ким буоларын быһаарбатах. Суут буолбутун кэнниттэн ирдэһээччи салгыы туруорсуутунан «Туймаада саңата» хаһыат редакцията кэлин сурук куоппуйатын Үөһээ Бүлүүгэ ыыппыт. Эмсэ5элээбит Е.Софронов сурук куоппуйатын көрөн, буочарыттан уонна истиилиттэн сэрэйэн анонимнай сурук ааптара ким буоларын уорбалыыр уонна улуус прокурорун аатыгар сайабылыанньа түһэрэр. Сайабылыанньа5а оло5уран прокуратура холуобунай дьыала тэрийбит уонна икки төгүллээх бырыынчык экспертиза түмүгµнэн анонимнай сурук ааптарын чуолкай быһаарбыт. Ол курдук ити үөһэ ахтыллыбыт сайабылыанньа5а оло5уран СР Бүлүү оройуонун 11-с нүөмэрдээх суут учаастагын мировой судьуйата Николаева Е.М., Петрова А.Р. суруксуттаах, государственнай буруйдааччы Үөһээ Бүлүү оройуонун прокурора Кириллин В.Н. кыттыылаах суут аһа5ас дьүүлүн мунньа5а Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 2005 сыл олунньу 24 күнүгэр 1-03/2005 №-дээх дьыаланы көрбµт. Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Октябрьскай уулусса 2 «б» дьиэтин 2-с квартиратыгар олорор Афанасьев Егор Афанасьевич, ханна да барбат уонна сиэрдээх буолуу баппыысканан хаарчахтыыр миэрэлээх, РФ ХК 129 ыст. 2 ч. буруйданар холуобунай дьыалатыттан суут бу курдук буруйдуур өрүттээх төрүөттэри булбут: Бастакытынан, 2003 сыл алтынньы 31 күнүгэр 43 №-дээх «Туймаада саңата» диэн Дьокуускай куорат общественнай хаһыатыгар «Анархия ааңнаан эрэр» диэн ыстатыйаны Афанасьев Егор Афанасьевич соруйан Софронов Евсей Николаевич аатын-суолун алдьатар сымыйа сура5ы тар5атан суруйбут уонна «Сайылык Сандаара куота, Самсон Сүөдэрэп» диэн анонимнай хос ааттаах ыыппыт. Иккиһинэн, эмсэ5элээбит Софронов Е.Н. чиэһин, достоинствотын киртитэр, аатын-суолун алдьатар ис хоһоонноох, сымыйа сура5ы иһитиннэрии-биллэрии маассабай сириэстибэлэригэр, эбэтэр Дьокуускай куорат «Туймаада саңата» диэн общественнай хаһыатын нөңүө Афанасьев Е.А. соруйан тар5аппыт уонна эмсэ5элээбит Е.Н. Софроновка моральнай охсуу оңорбут. Итиннэ эбии туоһулар Силигиянова М.С., Иванов Г.Н., Долгаев Р.К. эмсэ5элээччи Е.Софронов туһатыгар көрдөрүү биэрбиттэр. Суут туоһулар көрдөрүүлэрин ылыммыт уонна маны таһынан Афанасьев Е.А. буруйа дьыала атын да матырыйаалларынан толору дакаастанарын бигэргэппит. Холобур, элбэхтэн биири а5аллахха, 2004 сыл атырдьах ыйын 27 күнүгэр 830/01 №-дээх хаттаан ыытыллыбыт судебнай-почерковедческэй экспертиза түмүгүнэн «Анархия ааңнаан эрэр» ыстатыйа дьиңнээ5э Афанасьев Е.А. илиитинэн суруллубута чуолкай быһаарыллыбыт(дь.с.: 51-53). ...Суруллубукка оло5уран уонна РФ ХПК 303, 304, 307-310 ыстатыйаларынан салайтаран, мировой судьуйа бу курдук ис хоһоонноох БИРИИГЭБЭР таһаарбыт: «Афанасьев Егор Афанасьевиһы РФ ХК 129 ыстатыйатын 2 чааһынан буруйдаа5ынан билинэргэ уонна биир сыл кыһалаң үлэни хамнаһыттан ый аайы 10% тутуурдаах накаастабыл миэрэни РФ ХК 73 ыстатыйатын туттан алта ый усулуобунайынан аа5арга. Афанасьев Егор Афанасьевич ханна да барбат уонна сиэрдээх буолуу баппыысканан хаарчахтыыр миэрэтин бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киириэр дылы оннунан хаалларарга. Афанасьев Егор Афанасьевичтан Софронов Евсей Николаевич туһатыгар 6000 (алта тыһыынча) солк. ирдээн төлөтөргө...» Ити курдук Е.Н Софронов сыралаһан туран туруорсуутун түмүгэр суут кини үтүө аатын оло5о суох хара балыыртан ыраастаабыт уонна тустаах буруйдаахха сөптөөх миэрэни ылбыт. Биһиги коллегабыт Е.Н.Софронов үтүө аата хара балыыртан бүтэһиктээхтик ыраастаммытын туһунан гражданнар кырдьыктаах информация5а бырааптарын туһанан бу хаһыат нөңүө биллэрэбит.
2005-06-22 21:47:28 Всего просмотров: 2259 Ссылки по ключевым словам:
2024-03-20 06:30:54 - СЫМЫЙА СУРАХ ТАРҔАНАР 2019-03-27 01:55:57 - Владимир Поскачин: “Сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ!” 2008-03-11 13:18:02 - КЫРДЬААНЫ БОЛЬШЕ НЕТ... 2005-06-22 21:47:28 - КЫРДЬЫК ҮРДҮГЭР СЫМЫЙА ЫТТЫБАТ |
Собственные материалы (последние 20) 2026-11-22 07:26:01 - Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области [0]2026-11-21 10:48:05 - Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД» [0]2026-11-21 10:37:31 - АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]2026-11-21 10:00:35 - Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы [0]2026-11-21 09:47:27 - Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года [0]2026-11-20 03:41:46 - 2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии [0]2026-11-17 06:24:11 - Энергетики сообщают о срочных неотложных работах энергетиков 17 ноября в городе Якутске [0]2026-11-17 06:00:03 - Стартует голосование за лучшую видеовизитку участников республиканского конкурса молодых специалистов здравоохранения «Открой для себя новое здравоохранение»! [0]2026-11-17 05:48:43 - Нордголд вышел в лидеры рейтинга работодателей РБК [0]2026-11-12 07:56:06 - «Новогодняя фантазия»: на привокзальной площади Нижнего Бестяха создадут ледовые шедевры в честь 50‑летия прихода железной дороги в Якутию [0]2026-11-10 10:32:58 - ИЕНГРА: ОБЩИНА «ОЛДОЁ» БЬЕТ ТРЕВОГУ. Бывший депутат Селин намерен «упаковать» угольный актив, чтобы продать китайцам? [0]2026-11-10 09:47:46 - КАК НА КРУГЛОМ СТОЛЕ В ИЛ ТУМЭНЕ ОБСУДИЛИ ДОПОЛНИТЕЛЬНОЕ ФИНАНСИРОВАНИЕ НВК "САХА" (репортаж интернет-газеты "V Якутии.ру" от 10.11.2026 - 14.00-15.45) [0]2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ [0]2026-11-04 05:22:51 - ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА [0]2026-11-03 12:07:51 - НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ? [0]2026-11-03 04:38:39 - Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026 [0]2026-10-31 10:26:55 - График выездов мобильных медицинских бригад на ноябрь 2026 года [0]2026-10-31 10:21:52 - График ремонтных работ энергетиков на период с 31 октября по 17 ноября [0]2026-10-26 04:20:17 - Двадцать первое (очередное) пленарное заседание парламента Якутии состоится 25-26 ноября 2026 года [0]2026-10-24 05:16:19 - АО «Саханефтегазсбыт» на 100 % выполнило план завоза нефтепродуктов в навигацию 2026 года [0]Разделы Об издании
|