Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В промышленных районах
В НЕРЮНГРИ - ЖЕСТОКОЕ ОБРАЩЕНИЕ С СОБАКАМИ?
[0]

Экономика
Депутат Говырин назвал выплаты, которые проиндексируют с 1 апреля

Общество
Участнику Великой Отечественной войны Валерию Спиридонову исполнилось 100 лет

Культура
Выставка-ярмарка «Якутия мастеровая» представила молодых мастеров и новые технологии создания изделий

Промышленность
ВНИМАНИЕ: ПОЛЕЗНЫЙ И ВКУСНЫЙ ПРАЗДНИЧНЫЙ НАБОР - ОТ АГРОХОЛДИНГА "ТУЙМААДА"
[0]

Экономика
Кому повысят пенсии в марте

В парламенте
Восемнадцатое (очередное) пленарное заседание парламента Якутии состоится 25-26 марта 2026 года

В России
Приоритеты развития Арктики обсудили на заседании Госкомиссии

В столице
В Якутске проведут строительство улицы Ефимова

В парламенте
Комитет по охране здоровья во главе со Светланой Давыдовой работает в Верхоянском районе

В промышленных районах
"СОБАЧИЙ ВОПРОС": ПРОВЕРКА ПОСТАВИЛА АДМИНИСТРАЦИИ НЕРЮНГРИ ТВЕРДЫЙ "НЕУД"
[0]

Законодательство
Законы, вступающие в силу в марте

В парламенте
XVII (очередное) пленарное заседание Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС(Я) VII созыва, 2 часть - 25.02.2026 (с субтитрами)

XVII (очередное) пленарное заседание Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС(Я) VII созыва, 1 часть - 25.02.2026 (с субтитрами)

В республике
Отчет правительства Якутии завершился в Чурапчинском улусе

Жилье, строительство
В микрорайон «Звездный» Якутска переселены жильцы из трехсот аварийных квартир

Происшествия
В НЕРЮНГРИ СОБАКИ ЧУТЬ НЕ ЗАГРЫЗЛИ ЖЕНЩИНУ. Куда смотрит мэр Гудошник?!
[0]

В улусах
В Мегино-Кангаласском районе обсудили устойчивое развитие Якутии с участием сенатора Егора Борисова

Сельское хозяйство и АПК
«Кладовая Олекмы» впервые за многие годы отправляет зерно в другие районы Якутии

В парламенте
Утверждены изменения в составах постоянных комитетов Ил Тумэна

Сельское хозяйство и АПК
Роман Некрасов высоко оценил потенциал ГБУ РС(Я) «Сахаагроплем» в ходе рабочей поездки в Якутию

В столице
Как подать обращения в Управление муниципальных инспекций города Якутска

Промышленность
30 миллионов мальков для рек Якутии: о сотрудничестве АЛРОСА и ЯкутскНИРО

«Алмазы Анабара» поздравили жителей Анабарского улуса с двойным юбилеем.

В столице
В Якутске вывезли более 207 тысяч кубометров снега

В парламенте
Парламент Якутии выразил несогласие с публичными высказываниями депутата Александра Иванова

В парламенте
Прямая трансляция с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 (после обеда)
[0]

В парламенте
КАК В ИЛ ТУМЭНЕ РАССМОТРЕЛИ ВОПРОС ПО ДЕПУТАТУ ИВАНОВУ. Часть-3 текстовой трансляции "V Якутии.ру" с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru
[0]

В парламенте
ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОЙ ТРАНСЛЯЦИИ "V ЯКУТИИ.РУ" С СЕССИИ ИЛ ТУМЭН - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru
[0]

В парламенте
ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОЙ ТРАНСЛЯЦИИ "V ЯКУТИИ.РУ" С СЕССИИ ИЛ ТУМЭН - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru
[0]

В парламенте
Прямая трансляция с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 (до обеда)
[0]

Промышленность
АЛРОСА расширит поддержку природного парка «Живые алмазы Якутии»

КАДРЫ ДЛЯ ПРОМЫШЛЕННОСТИ: ВЛАДИМИР ГУТЕНЕВ ПРЕДСТАВИЛ ПРЕДЛОЖЕНИЯ В НАРОДНУЮ ПРОГРАММУ

Спорт
В честь Дня защитника Отечества алданские учащиеся железнодорожных классов провели турнир по стритболу

В России
Якутяне возложили цветы в память погибших на озере Ильмень

Транспорт
Поздравление Василия Шимохина с Днем защитника Отечества

В парламенте
Поздравление Алексея Еремеева с Днем защитника Отечества

Поздравления
Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) А.С.Николаева с Днем защитника Отечества

В России
В пропаже сестер из Петербурга может быть замешана секта. Что о ней известно и как уберечь ребенка от вербовки

Законодательство
Регистр беременных появится в России с 1 марта. Какие сведения в нем будут

 

Сахалыы сыhыарыы

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн бэриллэр судаарыстыба өйөбүлэ тыа сирин дьиҥнээх үлэһит дьонугар тиийбэт - эксперт

V Якутии.ру

@Фермердэргэ төлөнөр уончалыы мөлүйүөннэрдээх төннөрүллүбэт граннартан туох эмэ туһа тахсар дуу, суох дуу? Тоҕо сорохтор граннар харчыларын хастыыта да, иккилиитэ-үстуутэ, төхтүрүйэн ылалларый, оттон атыттар туохха да хаhан да тиксибэттэрий, наар маталларый? Ким эмэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө төлөнөр граннары ылар дьону бэрэбиэркэлиир дуо?

Бу ыйытыылар «V Якутии.ру» интернет-хаһыакка араас улуустарга олорор дьонтон наар кэлэллэр. Онон тыа дьонун ыйытыыларын быһа гыммакка биһиги биир эксперди кытары кэпсэттибит, онуоха кини маннык быһаарда:

-- Кэнники сылларга фермердэр уонна уопсайынан тыа сирин олохтоохторо фермерскэй хаһаайыстыбаларга 2012 сылтан төлөнүллэр гран харчытын тыырыны кытары сөпсөспөттөрүн биллэрэр буоллулар.

Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэртэн биһиги сыллата үүтү, эти оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ, ынах, сылгы, дьиэ табатын ахсаана аччаан иһэрин туһунан элбэхтэ ааҕабыт, ол эрэн кыра хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ түөрт миллиард кэриҥэ харчы көрүллэн кэллэ.

Сорох сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт фермердэр маннык граннары иккилии-үстүү төгүл ылан кэллилэр, итиэннэ ылбыт граннарын сууммата да обургу – 10-18 мөлүйүн солкуобайдыы. Онтон сорох фермердэр көмө харчыга букатын да тиксибэттэр.

Элбэх фермердэр хаһаайыстыбаларын сайыннарбакка көннөрү бэйэ туһатыгар эрэ иитэр хаһаайыстыба курдук буолан олороллор уонна бюджет эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр үлэ миэстэтин да таһаарбаттар, нолуок да төлөөбөттөр, төлүүр да буоллахтарына олох кыраны төлүүллэр.

Сорохтор Дьарыктаах буолуу кииниттэн үлэтэ суох сылдьар дьону булан наймылаһаллар, кинилэргэ кыра хамнас оҕото төлүүллэр, биир нэһилиэккэ олорор дьоннорун үлэлэппэттэр, тоҕо диэтэр кинилэргэ хамнас таһынан өссө социальнай пакет хааччыйыахха наада, ону кэрээнэллэр.

Бигэтик атахтарыгар турбут фермердар эмиэ бааллар, суох буолбатахтар, ол эрэн кинилэр тарбахха баттаналлар, итиэннэ үксүлэрэ саастаахтар.

Итинтэн сиэттэрэн маннык түмүккэ кэлэбит: судаарыстыба фермердэр , бааһынай хаһаайыстыбалары өйүүр, харчы түҥэтэр, оттон кинилэртэн туһа суоҕун курдук суох.

Итинник сүдү көмөнү ыла олорон фермердэр биир дойдулаахтарыгар үлэ миэстэтин таһаарбаттар, тыа сиригэр үлэтэ суох сылдьар дьону хамнастаах үлэнэн хааччыйбаттар, ол аата социальнай суолталаах соруктары быһаарбаттар.

Бу барыта Тыа хаһаайыстыбатын министиэристиэбэтин граннары тыырар хамыыһыйата мөлтөхтүк үлэлиирин көрдөрөр. Хамыыһыйа чилиэттэрэ граны билэр дьонноругар эрэ тыыраллар, оттон ол дьон кинилэргэ араас Фермерскэй ассоциацияларга, бырааһынньыктар тэрийиитигэр, үбүлүөйдэргэ, ыһыахтарга, араас эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирэллэригэр кыһыл лиэнтэни кырыйыы тэрээһиннэригэр харчынан көмө ыытан махтаналлар, манньалыыллар...

Кистэл буолбатах: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мөлтөхтүк үлэлиилирин туһунан кэнники сылларга СМИ-гэ уонна социальнай ситимнэргэ элбэхтэ ааҕабыт, дьон-сэргэ да ити туһунан күүскэ этинэр.

Ол курдук, Чурапчы улууһун уопсастыбыннай корреспондена И.Пономарев фермердэргэ граны тыырыы боломуочуйатын улуус дьаһалталарыгар, чуолаан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар биэрэр туһунан этиини көтөҕөн турар.

Итинник этиини Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.Поскачин эмиэ этэн турар, кини ол туһунан суруналыыстарга да, нэһилиэнньэни кытары да көрсүһүүлэргэ, бэйэтин үлэтин отчуоттууругар да, бырабыытылыстыба отчуоттарын да кэмнэригэр элбэхтэ иһитиннэрбитэ - http://yakutians.com/vladimir-poskachin-tya-haһaajystybatyn-saҥalyy-salajyy-sistiemetin-uonna-artefakt-ministieristibe-tuһunan/

Тус хаһаайыстыбалаах дьон үксүлэрэ мөлүйүөнүнэн сууммалаах граннар харчыларын ылан баран, аҕыйах бириэмэнэн хаһаайыстыбаларын эһэн баран, Дьокуускайга дьиэ-уот, ыарахан сыаналаах тимир көлө, тыраахтыр, араас техникэ, джип атыылаһаллара, биллэн турар, бэйэлэрэ да оттон-мастан тутуhан олорор тыабыт сирин олохтоохторун дьиксиннэрэр.

Онтон сорох сытыы-хотуу фермердэр соруйан эстиигэ барбыт хаһаайыстыбалар хороҕор муостаахтарын уонна сылгыларын ахсаанын бэйэлэригэр сурунан баран, эмиэ 18 мөлүйүөҥҥэ тиийэр сууммалаах граннары ылаллар.

Элбэх фермердэр, Тыа хаһаайыстыбатын граннарыгар тиксибэккэ гынан баран, бэйэлэрин үптэригэр, мунньан-тараан, улахан хотоннорун сылы-сыллаан, сороҕор 10-ча сыл устата туттаахтыыллар.

Оттон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна араас ассоциациялар отчуоттарыгар барыта үчүгэй, диэн, барыта ситии-хотуу, ситиhии курдук суруллар. Бары үөрбүт-көппүт сирэйдээх эбийиэктэринэн сылдьаллар, хаартыскаҕа түһэллэр, кыһыл лиэнтэни кырыйаллар...

Оттон дьон-норуот?.. Боростуой дьон?..

Хамыыһыйа чилиэттэрэ 10-тан тахсалыы сыл устата олороллор, оттон бэрэссэдээтэл уларыйбыта дуу, суоҕа дуу, уурайбыта дуу, төттөрү үлэҕэ ылыллан үлэлиирэ дуу биллибэт. «ЯкутияИнфо» интернет-ситим олох сөпкө суруйан турардаах: «Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бэлэм харчытын тыырыыга элбэх өй наадата суох. Сүрүн сыал: тыырыллыбыт харчы 3 эрэ буолбакка, 5 сыл устата туһаны аҕалыахтаах, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтиигэ үлэлиэхтээх. Ити сүрүн сыал билигин да туолбакка турар».

Быйыл туһааннаах министиэристибэ абыраммыт фермердэригэр бюджеттэн көрүллүбүт 220 мөлүйүөнтэн тахса сууммалаах граннары түҥэппит үһү. Ол иһигэр 130 мөлүйүөнү 10 бөдөҥ дьиэ кэргэн фермерскэй хаһаайыстыбаларын икки ардыларыгар тыырбыттар. Суоттаатахха, бу хаһаайыстыбалартан хас биирдиилэрэ 13-туу мөлүйүөн кэриҥэ харчыны илитиигэр тутан абыраммыт.

Оттон официальнайа суох иһитиннэриилэринэн, бу хаһаайыстыбалар истэригэр араас көрүҥ иэстээхтэр кытта бааллар үһү. Ону ол диэбэккэ, кинилэр граннары иккиһин-үсүһүн ылбыттар. Итини сэргэ, саҥа саҕалаан эрэр фермердэргэ 100 мөлүйүөн кэриҥэ харчыны түҥэппиттэр.

Көрөргүт курдук, фермердэр эйгэлэригэр баһаам харчы эргийэр эбит. Саамай кыһыылааҕа: ити босхо бэриллэр, төннөрүллүбэт харчы.

Оттон ити харчы аҕалбыт туһата бүгүҥҥү күннээххэ - суоҕун курдук суох. Судаарыстыба тыырар өйөбүл харчыта төһө сөпкө туһаныллыбытын ким бэрэбиэркэлиэй?

Тыа сирин олохтоохторун долгутар атын да СЫТЫЫ БОППУРУОСТАР элбэхтэр:

1. Судаарыстыба көмө харчытын туһанар фермердэр хас туонна үүтү, эти, сымыыты, күндү түүлээҕи оҥорон таһаардылар, туттардылар?

2. Ким кымыс оҥоруутунан дьарыктанарый? Куоракка ИП Борисовтан ураты кими да билбэппит, ону даҕаны кини оҥорор кымыһа кэнники кэмҥэ хаачыстыбата мөлтөөтө диэн билээччилэр кэпсииллэр. Ол эрэн маҕаһыыннарга кини эрэ кымыһа атыыланар. Тигээйи иитиитинэн куоракка тус хаһаайыстыбалар эмиэ дьарыгыраллар үһү? Кимнээхтэрий? Туохтаахтарый? Нуучча остуоруйаларыгар сурулларыныы, ким кинилэр оҥорон таһаарбыт мүөттэрин испитэй, бытыгар тохпутай?

3. 2012 сылтан саҕалаан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граннарыгар тиксибит дьон төһө элбэх үлэ миэстэтин таһаардылар? 10-ча сыл устата түмүк баар буолуохтаах ини? Ол эрэн тыа сиригэр үлэ суоҕун курдук суох, ол оннугар олигарх-фермердэр бааллар…

4. Хас сууммалаах нолуоктары ити фермердэр төлөөтүлэр? Фермердэри өйүүр судаарыстыба көмөтүн ылбыт чааhынай тэрилтэлэр төһө сууммалаах түһээни төлөөбүттэрин ким эмэ анаарар кыахтаах дуо?

5. Граннары ылбыт фермердэр бэйэлэрин төрүт нэһилиэктэрин, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин сайдыытыгар төһө кытталлар? Социальнай эппиэтинэһи төһө сүгэллэр?

Холобур, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар киһилээх ыалларга төһө көмөлөһөллөр? Эбэтэр «бэйэ эрэ дьонугар» көмөлөһөргө бэлэмнэр дуу?

Итини толкуйдаан, ааҕан баран, улуустар уонна оройуоннар олохтоохторо Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө тыырыллар граннары чиэһинэйдик, сиэрдээхтик, туhалаахтык, түҥэтэргэ туруорсалларын өйдүүгүн. Этэргэ диэри: киhи сиэринэн, суобас сокуонунан.

Биллэн турар, маннык хартыына билигин эрэ буолбакка, өссө 2012 сыллаахтан, туох да хонтуруол суоҕуттан, буоллун-хааллын эрэ диэн санааттан үөскээбитэ баар суол.

Ол түмүгэр, туһааннаах министиэристибэ уонна бүтүн систиэмэ чэпчэки суолунан барбыттар. Оттон тыа сирин дьиҥнээх туруу дьоно туора хаалан хаалбыттар.

Маны бэрээдэктиир кэм уолдьаста.

ЭРЭДЭЭКСИЙЭТТЭН: Тустаах суруйуу буолаары турар парламент быыбарыгар уонна онно кыттар Саха Сирин тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовка туох да сыһыана суох.

(Хаартыска - аhа5ас ситимнэртэн).

2023-07-30 16:17:51

Всего просмотров: 3006

Поделиться:

Комментарии Всего [0]


Ссылки по ключевым словам:

2025-11-21 02:12:53 - Выступление депутата Ил Тумэн Александра КОРЯКИНА на круглом столе Экспертного клуба по проблемам ЖКХ

2025-11-19 22:24:56 - ПОЛНОЕ ВЫСТУПЛЕНИЕ И.O. МИНИСТРА ФИНАНСОВ ИВАНА АЛЕКСЕЕВА В ЭКСПЕРТНОМ КЛУБЕ

2025-11-19 21:16:14 - ВЫСТУПЛЕНИЕ МИНИСТРА ЖКХ ВЯЧЕСЛАВА ЕМЕЛЬЯНОВА НА КРУГЛОМ СТОЛЕ ЭКСПЕРТНОГО КЛУБА

2025-10-30 13:47:45 - Профориентационная экспедиция для школьников из Качикатцев прошла в Алдане

2025-10-19 13:37:35 - Внесены изменения в порядок эксперимента по апробации правил въезда в Россию

2025-08-31 08:29:12 - Дьиҥнээх эр бэрдэ, амарах аҕа уонна сиэрдээх киһи оҕотуттан аккаастаммат. Василий Аммосов үтүө аатыгар

2025-08-22 00:06:01 - ОБ "АЛААСНЫХ ФЕОДАЛАХ" , ПОДГОТОВКЕ К ЗИМЕ И РОТАЦИИ КАДРОВ. Мнение эксперта

2025-07-09 08:55:20 - Стартует уникальная экспедиция из Якутска до Камчатки на парусах

2025-06-27 04:52:13 - Лучшие практики Якутии по борьбе с гепатитом С были представлены на IV Национальном экспертном совете по вопросам элиминации вирусных гепатитов

2025-06-24 12:34:37 - Эксперт Щербаченко предупредил о новом виде мошенничества с курьерами

Собственные материалы (последние 20)

2026-03-04 15:57:46 - В НЕРЮНГРИ - ЖЕСТОКОЕ ОБРАЩЕНИЕ С СОБАКАМИ? [0]

2026-03-04 13:02:10 - ВНИМАНИЕ: ПОЛЕЗНЫЙ И ВКУСНЫЙ ПРАЗДНИЧНЫЙ НАБОР - ОТ АГРОХОЛДИНГА "ТУЙМААДА" [0]

2026-02-28 13:51:19 - "СОБАЧИЙ ВОПРОС": ПРОВЕРКА ПОСТАВИЛА АДМИНИСТРАЦИИ НЕРЮНГРИ ТВЕРДЫЙ "НЕУД"[0]

2026-02-27 13:09:39 - В НЕРЮНГРИ СОБАКИ ЧУТЬ НЕ ЗАГРЫЗЛИ ЖЕНЩИНУ. Куда смотрит мэр Гудошник?! [0]

2026-02-25 12:55:29 - Прямая трансляция с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 (после обеда) [0]

2026-02-25 12:55:25 - КАК В ИЛ ТУМЭНЕ РАССМОТРЕЛИ ВОПРОС ПО ДЕПУТАТУ ИВАНОВУ. Часть-3 текстовой трансляции "V Якутии.ру" с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru[0]

2026-02-25 12:31:17 - ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОЙ ТРАНСЛЯЦИИ "V ЯКУТИИ.РУ" С СЕССИИ ИЛ ТУМЭН - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru[0]

2026-02-25 07:36:41 - ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОЙ ТРАНСЛЯЦИИ "V ЯКУТИИ.РУ" С СЕССИИ ИЛ ТУМЭН - 25.02.2026 - t.me/vyakutiaru[0]

2026-02-25 06:11:45 - Прямая трансляция с сессии Ил Тумэн - 25.02.2026 (до обеда)[0]

2026-02-17 10:30:46 - О ПРОВЕДЕНИИ XVI НАЦИОНАЛЬНОЙ НАУЧНО-ТЕХНИЧЕСКОЙ КОНФЕРЕНЦИИ В 2026 ГОДУ[0]

2026-02-15 17:08:28 - Комментарий главного врача Усть-Майской ЦРБ Михаила Иванова[0]

2026-02-15 08:50:50 - Уус-Майа улууhун Эдьээн нэhилиэгин баhылыга Александр Миндаев комментарийа[0]

2026-02-14 16:06:39 - Комментарий эколога компании "Нордголд" Надежды Салиховой [0]

2026-02-14 01:58:02 - Комментарий замглавы Усть-Майского района Николая Уарова[0]

2026-02-13 08:52:32 - НОРДГОЛД ОТЧИТАЛСЯ ПЕРЕД ЖИТЕЛЯМИ ЭЖАНЦЕВ [0]

2026-02-13 08:29:33 - АЛРОСА заботится о сохранении национальных языков и письменности Якутии[0]

2026-02-12 06:13:48 - Машинист экскаватора компании «Полюс Алдан» Павел Сотников удостоен государственной награды Якутии[0]

2026-02-12 05:26:10 - Комментарий геолога компании "Нордголд" Александра Шпекторова [0]

2026-02-12 05:00:20 - Комментарий уполномоченного по правам коренных малочисленных народов Севера в Якутии Константина Роббека [0]

2026-02-11 16:53:41 - По дороге из Усть-Маи в Эжанцы[0]


Разделы

В парламенте

В промышленных районах

В республике

В России

В столице

В улусах

Возвращаясь к напечатанному

ВЫБОРЫ

ДУМСКИЕ ВЫБОРЫ-2026

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

От редакции

Поздравления

Политика

Происшествия

Промышленность

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании