![]() |
| |
| Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru | ||
|
Главная В парламенте ЖКХ, энергетика Здравоохранение Транспорт Экономика В столице ЖКХ, энергетика Образование, наука Транспорт В России Здравоохранение Политика Образование, наука Сельское хозяйство и АПК Образование, наука Транспорт АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]Промышленность Транспорт В парламенте В столице В парламенте Транспорт В республике В столице Транспорт В парламенте ЖКХ, энергетика В парламенте Здравоохранение Промышленность Здравоохранение В парламенте Законодательство Учителям предлагают гарантировать оплату санаторно-курортного лечения Образование, наука В республике Здравоохранение Транспорт Культура |
Сахалыы сыhыарыы АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ: «ҮЛЭ САҤА ХАРДЫЫТА АҔА КӨЛҮӨНЭЛЭР ҮТҮӨЛЭРИТТЭН СИЛИСТЭННИН!»
Күн-дьыл туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ уустуктардааҕын үрдүнэн, тыа хаһаайыстыбата аныгы суолу тутуһан салгыы сайдар кыаҕын ыһыктыбат, оҥорон таһаарыы көрдөрүүлэрин тупсара турар. Региоммут салалтатын бигэ өйөбүлүнэн тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай программатын толорууга ураты болҕомто ууруллар.
2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын уонна АПК сайдыытын үбүлээһинэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан буолла – 15,8 миллиард солк. көрүллүбүтэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С. Николаев дьаһалынан 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир лиитэрэ үүт субсидията 65 солк. диэри улаатта, кэтэх хаһаайыстыбаларга ынаҕы иитиигэ – 39 тыһ. солк. тиийэ, арктическай улуустарга ити көрдөрүү 45 тыһ. солк. буола улаатта. Бурдук культуратын уонна оҕуруот аһын үүннэриигэ, бу хайысхаҕа кэлин хамсааһын тахсыбакка турбута, субсидия эмиэ эбилиннэ.
Кэлин ылыныллыбыт өссө биир үтүө дьаһалынан 2024 сыл бюджетыгар уонна былааннаах 2025-2026 сылларга ороскуоттары толуйууга, тыа хаһаайыстыбата, агропромышленнай комплекс сайдыыларыгар үбүлээһин 500 мөлүйүөн солкуобайынан эбиллибитэ буолар. Онон судаарыстыбаннай өйөбүлү түстүүр нормативнай акталарга: министиэристибэттэн быһа үбүлэнэр 48 субсидия уонна грант, улуустар уонна куораттар дьаһалталарынан тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларыгар тириэрдиллэр 14 субвенция көрүҥнэригэр уларытыылары киллэриэхпит.
2023 сыл барыллаан ааҕыллыбыт түмүктэринэн региоҥҥа бурдук валовай хомууругар халбаҥнаабат ситиһиилэннибит – былаан 20% куоһарыллан, 12 тыһ. тоннанан элбэҕи хомуйдубут. Оҕуруот аһыгар былааннаммытты 17% куоһаран, 30 тыһ. тоннанан элбэх үүнүүнү ситистибит. От былаана 20% куоһарыллан, 470 тыһ. тн. оттоотубут. Сымыыты оҥорон таһаарыыга былааны 10% куоһаран, 170 мөл. устуука сымыыт хомулунна. Үүт валовай ыама 2,5% куоһарыллан, 160 тыһ. тн. буолла.
“Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрикаҕа” кэмигэр өйөбүл оҥоһуллан күүстээх техническай саҥардыы ыытыллыбыта, онон былааннаммыт 120 мөлүйүөнү куоһаран, 162 мөлүйүөн устуука сымыыты ыллыбыт. Нэһилиэнньэни сымыытынан хааччыйыы таһыма 2018-2023 сылларга 54%-н 65% тиийэ улаатта.
Өрөспүүбүлүкэ ыанар ынаҕын толору ахсааныттан саатар аҥарын (36 тыһ. төбө) аныгы оҥоһуулаах сүөһүнү иитэр комплексктарга көһөрөр туһугар, эбии өссө 200-түү ынах киирэр 140 аныгы комплекстары тутуохпутун наада. Итинник дьаһаннахпытына, биир ынахтан сыллата ортотунан ыаныллар үүт кээмэйэ лаппа улаатыан сөп: тэриллиилээх тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 2,5 тн. уонна бааһынай хаһаайыстыбаларыгар – 2,3 тн. тиийэ ыаныллара былааннаныан сөп.
Биһиги салаабыт бөдөҥ тэрилтэлэрэ – “Туймаада” Агрохолдинг, Дьокуускайдааҕы килиэби астыыр собуот, Дьокуускайдаҕы көтөрү иитэр фабрика, Дьокуускайдааҕы үүт собуота “Үлэнэн оҥорон таһаарыыны үрдэтии” (“Производительность труда”) Президент национальнай бырайыагын чэрчитинэн ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
“Алын уонна орто бизнес субъектарын үүннэрии” (“Акселерация субъектов малого и среднего предпринимательства”) национальнай бырайыак чэрчитинэн бааһынай хаһаайыстыбалара уонна тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативтара өрөспүүбүлүкэттэн эбиилээх федеральнай граннары ылаллар. 2024 сылга бу национальнай бырайыакка уопсайа 190 мөлүйүөнтэн тахса үп көрүлүннэ.
Барыллаан түмүктэринэн, 2023 сыллаахха баһынай хаһаайыстыбалара уонна тыа хаһаайыстыбатын кооперативтара уопсайа 250 мөл. солк. суумалаах судаарыстыбаннай өйөбүлүнэн туһаннылар, ол иһигэр “Агростартап” грант программатынан – 100 мөл. солк. тахса суума киирсэр. Тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын ороскуоттарын толуйууга 80 мөл. солк. суумалаах өйөбүл оҥоһулунна, сүөһү турар комплекстарын уонна сайылыктары тутууга 60 мөл. солк. субсидия тигистэ.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыа хаһаайыстыбатын иннигэр туруорар тутаах соруктарынан регион аһынан-үөлүнэн хааччыллыытыгар куттала суох туругу тэрийии, көрүллэр үбү көдьүүстээхтик туһаныы уонна таба туһанары хонтуруоллааһын, өрөспүүбүлүкэбит иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны уонна табаарын атыыланыытын үксэтии, саҥа үлэлиир миэстэни тэрийии, эдэр специалистар үлэлэрин күүскэ өйөөһүн буолар.
2024 сылга Ил Дархан сорудаҕынан тыа сирин биир кэлимсэ сайыннарар үлэ салҕанан барыахтаах, Саха сирин Уһук хотугу арктическай сирин-уотун сайыннарыы Концепцията оҥоһуллуохтаах. Маны таhынан хас даҕаны министиэристибэ бииргэ үлэлээн биэс сыл иһигэр саҥа үлэ миэстэлэрдээх 15 олохтоох производствоны тэрийиэхтээхтэр.
Үүммүт дьылтан саҕалаан министиэристибэ үлэтигэр, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уларытыылары, үлэ саҥа көрүҥнэрин, ньымаларын уонна технологияларын, саҥа механизмнары киллэриэхпитин наада, дии саныыбын. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бу туһаайыыга Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университеты кытары бииргэ саҥа инженернэй быһаарыылары саҕалыыр эдэр специалистары өйүөхпүт.
2024 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Кэскиллээх сылга биһиги Саха сирин 96 агрооскуолаларын үлэтин тэтимирдэр сыал-сорук күүскэ турда, 2030 сылга диэри үлэлиир Биир кэлимсэ агротехнологическай үөрэхтээһин Концепциятын бигэргэтиэхпитин наада.
Былаас уонна общество үлэ киһитигэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитигэр ураты болҕомтолорун уураллар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга А.С. Николаев тыл көтөҕөн Сахабыт сиригэр “Үлэ киһитэ” диэн ураты суолталаах бириэмийэ сылын аайы туттарыллар буолбута онно биир күүстээх өйөбүл буолар.
Президент В.В. Путин бу дьылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ: биһиги салаабытыгар үлэлиир элбэх оҕолоох тыа ыалын, үлэ династияларын хайаан даҕаны өйүүбүт. Биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьан Аҕа дойдуну көмүскүү ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин иһирэхтик өйүөхпүт.
Эhиил 2025 сылга биһиги дойдубутугар сүдү суолталаах бырааһынньыгы – Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиибит. Бу бырааһынньыгы өрө көтөҕүллүүлээхтик уонна дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөргө быйыл күүскэ бэлэмнэниэхпитин наада. Саха АССР тыатын хаһаайыстыбата 1941-1945 сылларга дьоһун үлэтинэн фроҥҥа улахан өйөбүл буолбута, сэрии кэнниттэн эйэлээх олох оҥкулун охсубута дириҥник ытыктанар. Бу сылга биһиги историческай чахчыны үйэтитиигэ күүскэ үлэлиэхпитин наада: тыылга дьоруойдуу үлэлээбит дьону, аймаҕынан үлэһит ыаллары, кинилэр бүгүн үлэлии сылдьар сыдьааннарын, фроҥҥа уонна тыылга албан ааттаах үлэлээх дьоммутун, кинилэр үрдүк ааттарын, сырдык кэриэстэрин саныахтаахпыт, чиэстиэхтээхпит.
Эҕэрдэбит истиҥин, этэр тылбыт сылааһын биһиги тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уһуннук уонна үтүө суобастаахтык, үлэлээбит, бэйэлэрин билиилэрин, баай уопуттарын үллэстэр ытык ветераннарбытыгар – аҕа көлүөнэ дьоҥҥо аныыбыт. Ытыктабыллаах аҕа дьоммут, эһиги истиҥ өйөбүлгүтүгэр тирэнэн күүстээх санаалаах, тыга сылдьар кыахтаах, чиҥ билиилээх эдэр специалистарбыт үүнэн-сириэдийэн тахсыахтарыгар, кинилэр тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын кэскилэ, тулхадыйбат тирэҕэ буолуохтарыгар эрэнэбит.
Баҕарабыт барыгытыгар – ытыктабыллаах ветераннарбытыгар, коллегаларбытыгар, Сахабыт сирин бары олохтоохторугар – кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, баҕа санааҕыт барыта туоларыгар, дьиэ кэргэҥҥитигэр бары үтүөнү, дьолу-соргуну! Саҥа дьылынан!
Ытыктабылы кытта, Артем АЛЕКСАНДРОВ, Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын миниистирэ
Тохсунньу 1 к., 2024 сыл
Источник: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3383148 2024-01-01 05:21:48 Всего просмотров: 653 Ссылки по ключевым словам:
2025-12-31 15:06:02 - Новогоднее поздравление от министра сельского хозяйства Якутии Артема Александров
2024-12-31 07:36:04 - Поздравление с Новым годом министра сельского хозяйства Якутии Артема Александрова 2024-10-01 08:54:56 - Глава Якутии Айсен Николаев встретился с Президентом Республики Беларусь Александром Лукашенко 2024-10-01 06:37:37 - В Якутии по миллиону рублей перечислят 17 обладателям почетного знака «Үйэ саас» 2024-08-23 07:20:14 - АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ ПРИНЯЛ УЧАСТИЕ В ПРЕДУБОРОЧНОМ СОВЕЩАНИИ РЕГИОНОВ ДФО В УЛАН-УДЭ 2024-06-27 23:09:03 - Въезд на территорию комплекса «Үс Хатыҥ» будет закрыт с 22 часов 28 июня 2024-05-02 12:52:42 - Глава Якутии встретился с Героем России Александром Колесовым 2024-01-01 05:21:48 - АРТЕМ АЛЕКСАНДРОВ: «ҮЛЭ САҤА ХАРДЫЫТА АҔА КӨЛҮӨНЭЛЭР ҮТҮӨЛЭРИТТЭН СИЛИСТЭННИН!» 2024-01-01 05:08:44 - НОВАТОРСТВО НА ОПЫТЕ ПОКОЛЕНИЙ. Поздравление Артема Александрова с Новым годом 2023-12-28 09:13:58 - БОРОДУУКСУЙАНЫ ОҤОРУУ КУҺАҔАНА СУОХ |
Собственные материалы (последние 20) 2026-11-22 07:26:01 - Проект международного транспортного перехода «Джалинда– Мохэ» обсудили на встрече руководителей Якутии и Амурской области [0]2026-11-21 10:48:05 - Генеральный директор АО «АК «ЖДЯ» принял участие в рабочей встрече Главы Республики Саха (Якутия) и генерального директора ОАО «РЖД» [0]2026-11-21 10:37:31 - АО «АК «ЖДЯ» и ОАО «РЖД» подписали соглашение о взаимодействии по управлению вагонным парком [0]2026-11-21 10:00:35 - Алданские школьники проходят пиратский квест за здоровые зубы [0]2026-11-21 09:47:27 - Объем переработки грузов через станцию Нижний Бестях вырос на 6% за 10 месяцев 2026 года [0]2026-11-20 03:41:46 - 2 декабря в Ил Тумэне состоятся публичные слушания по проекту поправок в Конституцию Якутии [0]2026-11-17 06:24:11 - Энергетики сообщают о срочных неотложных работах энергетиков 17 ноября в городе Якутске [0]2026-11-17 06:00:03 - Стартует голосование за лучшую видеовизитку участников республиканского конкурса молодых специалистов здравоохранения «Открой для себя новое здравоохранение»! [0]2026-11-17 05:48:43 - Нордголд вышел в лидеры рейтинга работодателей РБК [0]2026-11-12 07:56:06 - «Новогодняя фантазия»: на привокзальной площади Нижнего Бестяха создадут ледовые шедевры в честь 50‑летия прихода железной дороги в Якутию [0]2026-11-10 10:32:58 - ИЕНГРА: ОБЩИНА «ОЛДОЁ» БЬЕТ ТРЕВОГУ. Бывший депутат Селин намерен «упаковать» угольный актив, чтобы продать китайцам? [0]2026-11-10 09:47:46 - КАК НА КРУГЛОМ СТОЛЕ В ИЛ ТУМЭНЕ ОБСУДИЛИ ДОПОЛНИТЕЛЬНОЕ ФИНАНСИРОВАНИЕ НВК "САХА" (репортаж интернет-газеты "V Якутии.ру" от 10.11.2026 - 14.00-15.45) [0]2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ [0]2026-11-04 05:22:51 - ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА [0]2026-11-03 12:07:51 - НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ? [0]2026-11-03 04:38:39 - Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026 [0]2026-10-31 10:26:55 - График выездов мобильных медицинских бригад на ноябрь 2026 года [0]2026-10-31 10:21:52 - График ремонтных работ энергетиков на период с 31 октября по 17 ноября [0]2026-10-26 04:20:17 - Двадцать первое (очередное) пленарное заседание парламента Якутии состоится 25-26 ноября 2026 года [0]2026-10-24 05:16:19 - АО «Саханефтегазсбыт» на 100 % выполнило план завоза нефтепродуктов в навигацию 2026 года [0]Разделы Об издании
|