Издается с 27 апреля 2005 года
Whatsapp-группа "V ЯКУТИИ.РУ" | Телеграм-канал "V ЯКУТИИ.РУ"

Общественно-политическая интернет-газета http://www.vyakutia.ru

Поиск (одно слово)

Главная

В России
На «Россия 24» выйдет новый выпуск проекта «Вместе с Айсеном Николаевым»

Политика
В пыточных на Украине гибнет каждый пятый заключенный, сообщили в подполье

Образование, наука
Делегация школьников Донбасса приехала в Якутск в рамках проекта «Здравствуй, Россия!»

Происшествия
Рядом с местом стрельбы в Кракове проходила демонстрация ультраправых

Культура
"Народная актриса по своей сути": Какой была Лидия Федосеева-Шукшина

Спорт
Единая спортивная лига школьников может появиться в России

В России
Эксперты проверили 20 зарядок для смартфонов: 13 провалили тест на безопасность

В улусах
Новое здание детского сада «Кыталык» открыли в Чурапче

Общество
Более 5 700 семей получили комплексную поддержку в Семейных МФЦ в Якутии

Промышленность
АЛРОСА впервые добыла редчайший голубой алмаз

ЖКХ, энергетика
В Якутске официально стартовал отопительный сезон 2026–2027 годов

Образование, наука
В новых правилах поступления в вузы учли предложения родителей и абитуриентов. Минобрнауки меняет правила приема. Как будут поступать в вузы в 2027 году

Транспорт
Школы и колледжи Якутии получили 46 автобусов

Законодательство
Кто может получать одновременно единое пособие и выплату до 1,5 лет: разъяснение Соцфонда по Якутии

ЖКХ, энергетика
Айсен Николаев предупредил глав муниципалитетов о персональной ответственности за подготовку к зиме

Законодательство
Налоговые споры хотят сделать прозрачнее

Здравоохранение
В Якутии санитарная авиация помогла спасти жизни 2688 человек

В столице
«Народ и армия едины»: десятки тысяч человек охватили мероприятия антифашистского форума в Якутии

В России
До 40 лет — молодые: зачем нужна «возрастная» реформа

Здравоохранение
Врач из Якутии удостоена медали «За наставничество в здравоохранении»

Культура
В казанском Центре уникального мастерства открыли павильон Якутии

В парламенте
КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ
[0]

Культура
В Доме дружбы народов прошел праздничный концерт «Якутия — душа России»

Поздравления
Айсен Николаев: «Наша сила – в сплоченности»

Законодательство
Какие налоги нужно заплатить до 1 декабря

В России
ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА
[0]

В парламенте
Поздравление Алексея Еремеева с Днём народного единства

Промышленность
НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ?
[0]

В столице
Осуохай единства пройдет в Якутске 4 ноября

ЖКХ, энергетика
График ремонтных работ энергетиков на период с 3 по 20 ноября

Здравоохранение
Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026
[0]

В парламенте
Алексей Колодезников рассказал об основных направлениях федерального и регионального бюджетов

ЖКХ, энергетика
Плановые отключения энергоресурсов в Якутске 3 ноября 2026 года

Экология
Самому известному стерху Якутии построили усадьбу. Жених с углом ждет подругу

ЖКХ, энергетика
График ремонтных работ энергетиков на период с 31 октября по 17 ноября
[0]

Здравоохранение
Партнёрство власти и здравоохранения: Павел Петров о развитии первичной медпомощи в Якутске

В парламенте
Айсен Николаев и Петр Шамаев обсудили предложения Якутии к федеральному бюджету

Законодательство
Кому и на каких условиях будут доступны льготные автокредиты. Обзор "РГ"

Пенсии в России вырастут дважды, а МРОТ приблизится к 29 тысячам рублей

В столице
В Якутске открыли улицу Ефимова

 

Сахалыы сыhыарыы

ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ АЙДААННАРЫН ТУҺУНАН УЛУУС ДЕПУТАТА ИННОКЕНТИЙ ИЛЬИН

Валерий ВАСИЛЬЕВ, Дьокуускай к.

Муус устар 25 күнүгэр дойдубут президенэ Владимир Путин Российскай Федерация Федеральнай Мунньа5ар Анал суругун аа5ан иһитиннэрдэ. Кини бу суругар биһиги чиновниктарбыт государственнай сулууспаны бизнес биир суол көрүңүн быһыытынан сыыһа өйдүүллэр, ардыгар тус интэриэстэрин эрэ өрө туталлар диэтэ. Кэнники кэм уратытынан бюрократия суобаһа суох өттө (федеральнай да, олохтоох да) ситиһиллибит туруктаах буолууну тус бэйэтэ байар-тайар интэриэһигэр туттарга, тус оло5ун уйгутун тупсарарга үөрэннэ. Оттон коррупция, эппиэтинэһэ суох быһыы уонна салаңнык сыһыаннаһыы хаһан да үтүө5э тиэрдибэт диэтэ.

Үгүс чунуобунньуктар үбү-харчыны үрдүттэн көңүл, муңура суох айбардааһын сал5анан бара туруо диэн саныыллар. Мин кинилэри хомотуох тустаахпын. То5о диэтэххэ, дойдуну коррупцияламмыт бюрократия дьаһалыгар биэрии биһиги былааммытыгар киирбэт. Сокуону кэһэн туран араас дьыаланы оңорор чиэһинэйэ суох дьону көрө-көрө көрбөтө5ө буолан аһаран кэбиһэрбит адьас сатаммат. Онон най барбыт чунуобунньуктары удьугуоннуурга судаарыстыба сөптөөх миэрэ уонна дьаһал ылыа диэн бэлиэтээн эттэ.

Манна Россия президенэ бэчээккэ сыһыаннаан этиитэ ураты дьоһун миэстэни ылар: «Биһиги, бастатан туран, гражданнар кырдьыктаах информация5а бырааптарын хааччыйыахтаахпыт. Бу – тутаах, политическай боппуруос уонна ити көңүл уонна сиэрдээх буолуу принциптэригэр биһиги государственнай политикабытын кытта быһаччы сибээстээх. Мантан сиэттэрэн государственнай уорганнар информационнай өттүнэн аһа5ас буолууларын туһунан билигин дьүүллэһиллэр сокуон бырайыагар чопчу эрэллээхпин. Бу төһө кыалларынан түргэнник ылыллыахтаах».

Россия президенин бу чопчулаан этиитэ Россия5а тыл, бэчээт көңүлэ уонна көңүл санаа хааччахтамматын — дойдубутугар демократия сүрүн төрүттэрэ судаарыстыба өттүттэн араңаччыланарын ча5ылхайдык туоһулуур. Онон коррумпированнай бюрократия иитэн таһаарбыт коррупционер(атыыламмыт уонна атыылаһыллыбыт) чунуобунньуктарын үрдүлэригэр аны төрдүс былаас (СМИ) саллар этиң буолла. Итинэн буолла5ына суобаһа-чиэһэ суох чунуобунньуктар уйаларыгар уу лаппа киирдэ5э.

Мин Россия президенин Анал суругун гражданнар кырдьыктаах информация5а бырааптарын хааччыйыахтаах пуунун тумулук туттан уонна итиннэ ситэри сигэнэн Үөһээ Бүлүү улуустаа5ы Мунньа5ын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, депутат Иннокентий ИЛЬИНЫ кытары кэпсэттим.

--Иннокентий Егорович, то5о эрэ «МК в Якутии» хаһыакка дэң-дэң Үөһээ Бүлүү улууһун күлүк өттүн кэпсиир араас ис хоһоонноох ыстатыйалар тиһигин быспакка тахсаллар. Ол иһигэр улуус баһылыга Михаил Донскойга быһаччы сыһыаннаах «Все, как встарь...» („МК в Якутии“, 30.03-06.04.05) диэн төбөлөөх Николай Егоров суруга бэчээттэнэн дьону чачата соһутан турар. Эн бу ыстатыйа туһунан туох санаалааххыный?

--Ыстатыйа5а туһааннаах докумуоннары «сатабыллаахтык» ыпсаран оңоруу, наадалаах сыыппаралары түөкүннээн «хатайдааһын», күнү-дьылы талбытынан «хамсатыы» уонна үп-харчы суумалара киһини соһутар. Уопсайынан бу курдук сирэйэ-хара5а суох түөкүннээһин сири-буору аннынан бара турарын соһуйа истэ5ин. Холобур, бу ыстатыйа5а ханнык да судаарыстыбаннай кистэлэңи арыйыы суох. Баһылык М.М.Донской, сбербанк хотуна (баһылыкпыт кэргэнэ) Н.Р.Донская уонна ма5аһыын сэбиэдиссэйэ (баһылык саңаһа) Н.И.Донская буолан куомуннаһан улуус үбүн-харчытын, биллибитинэн хас да мөл. солкуобайы, дуоһунастарынан туһанан хайдах быһыылаахтык сиэбиттэрин туһунан ыраас мууска ууруллубут. Бу улууспут аатын хараардар сааттаах, киһи кыбыстар дьыалата диэн этиэх тустаахпын. Онон бу дьыала5а сыһыаннаах дьон бука бары, дуоһунастарыттан тутулуга суох сокуон хара5ынан көрөн сөптөөх миэрэ5э тардыллыахтаахтар. Өссө В.И.Ленин непотизм алдьархайы а5алыа диэн сэрэппитин (Непотизм --замещение по протекции доходных или видных должностей родственниками, своими людьми, кумовство) санатабын. Муңур былааска чугас уруу-аймах мөрүөн тардыыта туохха тиэрдиэн сөбүн биһиги улууспут салалтата хомойуох иһин ити курдук «ча5ылхай» холобурунан дакаастаата. Бу түбэлтэ5э республика прокуратурата силлибэт сирдэриттэн ылларбыт чунуобунньуктар дьыалаларын хайаан да тиһэ5эр тиэрдэрэ буолуо дии саныыбын. Бу барыта кырдьык буолла5ына, улууспут баһылыга М.М.Донской бэйэтин ба5а өттүнэн суукка-сокуоңңа тиэрдибэккэ эрэ дуоһунаһыттан устунара сөп этэ.

--Улууһуң баһылыга Михаил Донской эрэ туhунан буолбакка, депутатың Федот Тумусов туhунан эмиэ биир-икки тылы эттэргин?

--Бастатан туран, ааспыт быыбарга сыһыаннаан эттэхпинэ, дьиңинэн, Федот Тумусовы биир дойдулаахтара былаас таһарахтаппыт(опальнай) политигын быһыытынан көмүскэс санааттан талан тураллар. Бэл САПИ президенинэн олорон, дьэ, төрөөбүт улууһугар тугу оңорбутай-туппутай!? Арай сэллик (туберкулез) балыыһата үтүмэн үгүс үбүнэн тутуллубута. Онтукабыт да баччааңңа диэри ситэри сиппэккэ улууспут кыһарыйар кыһал5ата буолан турар (республика ивестиционнай программатын быһыытынан 2005 сылга 3,5 мөл. солк. харчы котельнай реконструкциятыгар көрүллүбүт).

Онтон Ил Түмэммит депутата дойдутугар кэллэ5инэ төрөөбүт дьиэтигэр киирэригэр-тахсарыгар бэйэтэ уонна массыыната бадарааннаабатын туһугар Саввинов аат. уулуссатын 2004 сыллаахха, онто суох улуус татым бюджетыттан үп көрдөрөн, таммах уу халыйбат гына оңотторон турар. Атын киһи эбитэ буоллар урукку кэмңэ САПИ-га муңутуур үбү-харчыны үөгүлэппитинэн тута сылдьан, улуус киинин уулуссаларын барытын да хаппытаалынайдык оңотторбут буолуо этэ. Ону билигин элэ-была тылы этэн да диэн. Умнаһыт муңнаах бурдугун тыал обургу номнуо көтүттэ5э.

Биир дойдулаахпыт Владимир Поскачин СР I-кы Ил Түмэнин депутатынан быыбарданан үлэлии сылдьан, республика инвестбюджетыгар киллэртэрэн Үөһээ Бүлүүгэ ССРС народнай учуутала М.А.Алексеев аатынан республиканскай гимназияны, Бүлүүгэ Н.Г.Чернышевскай аатынан педколледжы туттарбыт үтүөлээх. Кини гимназиябыт бастакы сваяларын бэйэтин эт илиитинэн-ата5ынан түһэрсибитин уонна депутаттыырын тухары тутууну кытаанахтык хонтуруоллаабытын, үлэ5э кэмигэр киирэрин ситиспитин киһи барыта билэр.

Оттон М.М.Донской туһунан өссө биирдэ эттэххэ, кини баһылык дуоһунаһыгар сиэри-майгыны куруубайдык кэһэн, кирдээх уонна чиэһинэйэ суох ньыманы туттан баһылыгынан быыбардаммытын киһи барыта билэр. Улууһу өрө тарта диэхпин санаам буолбат. Ама олох хаамыытын сиэринэн сайдыы хайдах барыа суо5ай!? Туох да диэбит иһин тиэргэммитигэр XXI-с үйэ буолла5а. Ол гынан баран, улуус салалтата бу буола турар олох сайдыытын хаамыытыгар отой кыттыспат, сүрүннээбэт. Улууска тастан саатар ханнык эмэ үп-харчы киириитигэр үлэ-хамнас барбат. «МК» в Якутии» хаһыакка нэһилиэнньэ уопсай үбүн баһылыкпыт аах аймахтаан хайдах «туһаналлара» арылхайдык көһүннэ. Холобур, улуус АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлииргэ түһэрсибит 4 сыллаах дуогабарын биир да пууна туолбата. Арай киһи кыбыстыах улууспут киинигэр «приют» аспыппытынан киэн туттабыт.

Прокопьевтаах Поскачин быыбарга кыайбыттара буоллар, кэмигэр куһа5ана суох политическай тандем буолуохтаах этэ. Уонна, хомойуох иһин, улууска биллэр хамсааһын тахсыахтаа5а хаалла5а.

--Улууска кэмниэ кэнэ5эс күөх төлөн (газ) киирэн эрэрин туһунан үөрэ истэбит.

--Ити кырдьык. Хас да сыллаа5ыта Ю.Н.Прокопьев депутат сылдьан президен Штыровка тиийэ туруорсан, Ил Түмэн нөңүө харса суох талкайдаан «Государственная программа газификации сел» диэн президенскэй программа ылларан турар. Ол түмүгэр билигин Харбалаах нэһилиэгэр газ турбатын ситимэ тардыллан кэллэ. Онон Үөһээ Бүлүү улууһугар газ кэлиитэ - бу бокуонньук Юрий Николаевич Прокопьев үтүөтэ. Ону ким да мэлдьэспэт. Онтон мин бэйэм гаһы улуус хас биирдии ыалыгар 100 % киллэрэри туруорсабын. Аны нэһилиэнньэ кыаммат-тиийиммэт араҥатыгар хантан эрэ үп-харчы булан көмөлөһөр хайаан да наада диибин. Бу маны үбүлээһиңңэ АЛРОСА-ттан көмө кэлиэхтээх. Ничипорук «социальнай эйгэ5э көмөлөһүөм» диэн эрэннэрэр этиититтэн хабан ылан, айыл5абытын алдьаппыттарын иһин төлүүр компенсацияларын суотугар үбү туруорсан ылыахтаахпыт. Ону биһиги бэйэбит туруорсуох уонна ирдэһиэх тустаахпыт

--Улууска олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганын үлэтин-хамнаһын туһунан тугу кэпсиигин?

--Мин улуус Мунньа5а уонна дьаһалтата устаап ситэтэ суо5уттан улуус сайдыытын сүрүн боппуруостарыгар сөпсөспөт буолуулара кэскиллээх сайдыыны харгыстыырын туһунан хаста да улахан мунньахтарга этэн турабын. Ону хатылыы барбаппын. Арай билигин бэлэмнээбит модельнай диир устааптарын кытары мин төрдүттэн сөпсөспүн. Сыыһата-халтыта уонна уратыта элбэ5э бэрт. Саба быра5ан көрдөххө, федеральнай сокуоңң улуус Мунньа5а хайаан да үбү-харчыны хонтуруоллуур уорганнаах буолуохтаах. Холобур, ону мэктиэлиир 38 ыстатыйа то5о эрэ киирбэтэх. Аны «в исключительной компетенции представительного органа...» диэн тоһо5олоон бэлиэтиир 35 ыст. тыллара киирбэтэхтэр. Бу аата тугуй? Мин маны үбү-харчыны хонтуруолтан куоттаран таһаарыы курдук биир бэйэм сыаналыыбын.

--Улуустаа5ы ТХС балаһыанньата хайда5ый?

--Арай мин билэрбинэн «Чолбон» колхоз(сал.Я.Л.Егоров) эрэ тулуһан хаһаайыстыбатын чөл тутан олорор. Ороһутаа5ы КП уонна арыый да курдук. Итинэн бүттэ. Уонна эмиэ бу салаа5а үүт харчытыгар сыһыаннаан улахан айдаан тахса сылдьыбыттаа5а. Билигин дьыала-куолу ханна тиийбитэ-түгэммитэ эбитэ буолла...

Республикабыт пенсионнай сулууспатын салайааччыта, Ил Тумэн депутата Альбина Иннокентьевна Поисеева кэлэ сылдьан, улуустаа5ы тыа хаhаайыстыбатын салалтата (С.И.Дмитриев) 10 сыл устата т/х салаатын үлэһиттэригэр хамнас төлөөбөккө, пенсията суох хаалларда, ити иһин туһааннаах салайааччы эппиэккэ тардыллыахтаах диэн эппитэ. Нэһилиэнньэ т/х сыһыаннаах өттө пенсията суох хаалыыта улууска уопсай хартыына хайда5ын биир тыла суох быһаарар курдук көрөбүн.

Холобур, манна сыһыаннаан эттэххэ, Бала5аннаах нэһилиэгин олохтоохторо 2004 сыллаа5ы үүппүт харчытын букатын да ыла иликпит диэн миэхэ мэлдьи үңсэргииллэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар улууска адьас «бардаак» диибин. Үүт харчытын айдаана билигин да у5арыйа илик. Үп бө5ө көрүллэр эрээри, үрүң ас элбээбитэ көстүбэт. Нэһилиэнньэ улуус салалтата бу салааны аныаха диэри кыайан дьаһайбатын уонна быһаарбатын сө5өллөр. Биһиги өссө былырыын улуус Мунньа5ын президиумун аатыттан т/х министерствотыгар официальнай сурук ыыппыппыт да, күн бүгүңңэ диэри эппиэт суох. Балаһыанньабыт онон хаһан көнөрө биллибэт. Улууска т/х дьаһайар баһылык I-кы солбуйааччыта Г.Е.Иванов дьоңңо-сэргэ5э уонна үлэ5э-хамнаска нэс сыһыанын көрдөрдө. Оттон т/х салаатын салайааччы Дмитриев С.И. дуоһунаһыгар сөбө суо5ун толору дакаастаата.

-- Россия президенэ В.В.Путин гражданнар кырдьыктаах информация5а бырааптарын хааччыйыахтаахпыт диэн чопчу сорук туруорда. Эһиги улуускутугар нэһилиэнньэ ити сокуоннай бырааба тутуһуллар дуо?

--Суох. Олох тутуһуллубат! Улуустаа5ы «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редактора М.С.Силигиянова улууска гражданнар кырдьыктаах информация5а бырааптарын хааччыйа сатыырын иһин, улуус салалтатын өттүттэн сойуолаһыыга сылдьар. Бу кирдээх дьыала5а кыттыһан, араас сылта5ынан уонна төрүөтүнэн Сурук уонна бэчээт республикатаа5ы Департамена редакторбытын үлэтиттэн уста сатыыра өйдөммөт. Ити, департамеңңа киһилии гражданскай позициялаах чунуобунньук суох быһыылаах дуу, хайдах дуу... Норуот трибунатын туруулаһан үтүргэңңэ түбэспит редакторбытын, биһиги, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэнньэтэ, хайаан да көмүскээн тэйиэхпит диэн этэбит. Биһиэхэ улуус баһылыгар мээнэ уруйдаан-айхаллаан эрэ туойа сылдьар, сүрүн сүнньэ уонна ээх хоту сылдьар «хармааннай» хаһыат да наадата суох.

--Алтынньы 16 күнүгэр нэһилиэктэр таһымнарыгар быыбар хампаанньата буолаары турар. Итиннэ сыһыаннаан тугу этиэххин сөбүй?

--Мин санаабар, нэһилиэк баһылыктарынан уонна депутаттарынан дьиңнээх патриот дьон талыллыахтаахтар. А5а уустаһан уонна куомуннаһан, бэрт былдьаһар бэтиэхэлээх санаабыт баһыйан бэйэ эрэ киһитин баһылык оңоро сатыыр санаабыт баһыйда5ына, кэлэр икки сылбытын эмиэ халтайга, кумахха ууну куппут курдук кубус кураанахха ыытыахпыт. Онон а5а ууһунан арахса-хайыы барбакка эрэ, баһылыкка кандидат салайааччы быһыытынан дьыалабай хаачыстыбатын көрөрбүт бука уон төгүл ордук буолуо.

Билигин үлэлии олорор баһылыктартан мин холобур, Кэнтиктэн В.И.Алексеевы, Тамалакаантан З.И.Федорованы уонна өссө биир-икки баһылыгы салгыы үлэлиир кыахтаахтар диэн сыаналыыбын. Онтон атынын быыбар аны күһүн дьиңнээхтик көрдөрүө буолла5а дии.

--Иннокентий Егорович, ыйытыыларбар хоруйдаабытың иһин – махтал!

2005-05-26 15:56:41

Всего просмотров: 1674

Поделиться:


Ссылки по ключевым словам:

2026-04-08 12:00:22 - В ОЛЕНЬКЕ СОСТОЯЛСЯ РЕСПУБЛИКАНСКИЙ ТУРНИР, ПОСВЯЩЕННЫЙ ПАМЯТИ ИННОКЕНТИЯ ИЛЛАРИОНОВА

2026-01-01 05:16:39 - Минсельхоз Якутии поздравляет со 100-летним юбилеем Иннокентия Егоровича Стручкова

2025-06-25 05:52:55 - Алексей Еремеев: Иннокентий Бочкарев олоҕун холобура дьону патриотизмҥа угуйар

2024-08-28 06:08:18 - СҮӨҺҮ АҺЫЛЫГЫН БЭЛЭМНЭЭҺИН САЛҔАНАН БАРА ТУРАР

2024-03-09 12:20:36 - В Николаев-Центре торжественно открыли экспозицию «Творец национальной кухни земли Олонхо», посвященную 80-летию Иннокентия Тарбахова

2023-09-22 06:22:58 - Первое пленарное заседание Ил Тумэн VII созыва откроет народный депутат Якутии Иннокентий Романов

2022-09-26 11:41:03 - АЛЕКСАНДР ЖИРКОВ БЫСТАХ ХОМУУР ТУҺУНАН

2022-08-05 13:20:42 - ЭСЕРЫ НАМЕРЕНЫ ВЕРНУТЬ СЕБЕ НЮРБИНСКИЙ УЛУС "АЛМАЗНОЙ ПРОВИНЦИИ". В этом им помогает… единоросс Иннокентьев

2022-07-17 08:42:04 - ВЫБОРЫ ГЛАВЫ НЮРБИНСКОГО УЛУСА: МЭР НЮРБЫ ИВАНОВ СТАЛ КАНДИДАТОМ-САМОВЫДВИЖЕНЦЕМ. А в "Единой России" одного Иннокентьева заменит второй Иннокентьев?

2021-08-23 03:33:42 - Иннокентий Марков: Сплоченность дает уверенность в ликвидации лесных пожаров в ближайшее время

Собственные материалы (последние 20)

2026-11-05 04:59:07 - КТО ИЗ ДЕПУТАТОВ ИЛ ТУМЭН СКОЛЬКО СРОКОВ ПОДРЯД РАБОТАЕТ [0]

2026-11-04 05:22:51 - ИСТОРИК - О ДНЕ НАРОДНОГО ЕДИНСТВА[0]

2026-11-03 12:07:51 - НАШЛИСЬ ЛИ АЛМАЗЫ В ЦЕНТРАЛЬНОЙ ЯКУТИИ? [0]

2026-11-03 04:38:39 - Как будут работать медучреждения в праздничный день 04.11.2026 [0]

2026-10-31 10:21:52 - График ремонтных работ энергетиков на период с 31 октября по 17 ноября[0]

2026-10-26 04:20:17 - Двадцать первое (очередное) пленарное заседание парламента Якутии состоится 25-26 ноября 2026 года[0]

2026-10-24 05:16:19 - АО «Саханефтегазсбыт» на 100 % выполнило план завоза нефтепродуктов в навигацию 2026 года[0]

2026-10-24 05:05:13 - Виктор Лебедев провел совещание оргкомитета по подготовке к Международным соревнованиям по вольной борьбе[0]

2026-10-23 10:29:36 - График ремонтных работ энергетиков на период с 23 октября по 9 ноября[0]

2026-10-23 05:27:35 - Видеотрансляция второго дня XX пленарного заседания Госсобрания - 22.10.2026[0]

2026-10-23 05:26:23 - Видеотрансляция первого дня XX пленарного заседания Госсобрания - 21.10.2026[0]

2026-10-23 05:15:10 - КО ДНЮ АВТОМОБИЛИСТА: ГЛУШИТЬ НЕЛЬЗЯ, ВПЕРЕД! Сорок лет дороги: история водителя Меренцева[0]

2026-10-22 07:55:10 - ЧАСТЬ-6 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 22.10.2026 - c 14.00 (материал обновляется)[0]

2026-10-22 03:03:40 - ЧАСТЬ-5 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 22.10.2026 - c 09.00 (материал обновляется)[0]

2026-10-21 10:13:40 - ЧАСТЬ-4 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 21.10.2026 - 16.15-18.10 (материал обновляется)[0]

2026-10-21 08:34:34 - ЧАСТЬ-3 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 21.10.2026 - 14.30-16.00 (материал обновляется)[0]

2026-10-21 05:45:21 - ЧАСТЬ-2 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 21.10.2026 - 11.45-13.00 (материал обновляется)[0]

2026-10-21 04:17:38 - ЧАСТЬ-1 ТЕКСТОВОГО РЕПОРТАЖА "V ЯКУТИИ.РУ" С XX ПЛЕНАРНОГО ЗАСЕДАНИЯ ИЛ ТУМЭН - 21.10.2026 - 10.00-11.30 (материал обновляется)[0]

2026-10-21 03:27:28 - Сегодня в Ил Тумэне состоится двадцатое (очередное) пленарное заседание[0]

2026-10-12 06:37:47 - Мастер-план Якутска включает шесть новых объектов здравоохранения [0]


Разделы

В парламенте

В промышленных районах

В республике

В России

В столице

В улусах

ВЫБОРЫ

Жилье, строительство

ЖКХ, энергетика

ЖКХ, энергетика

Законодательство

Здравоохранение

Культура

Новости Гордумы

Образование, наука

Общество

От редакции

Поздравления

Политика

Происшествия

Промышленность

Сахалыы сыhыарыы

Сельское хозяйство и АПК

Спорт

Транспорт

Экология

Экономика


Об издании